Амарах санаа, истиҥ сыһыан холобура
Көмүс күһүн тиийэн кэлэн, оскуолабыт оҕо саҥатынан туолан, үөрэхпит дьылын саҕалаатыбыт. Бу кэмҥэ нэһилиэк дьоно, оҕолор үөрэхтэрин, үлэлэрин таһынан сир аһын хомуйаллар. Биир үтүө күн биһиги эмиэ, үөрэнээччилэр уонна учууталлар буолан, “Мааппа Халдьаайыта” диэн сиргэ отоннуу тахсыбыппыт. Отоннуур сирбитигэр тиийэн баран, оскуолабыт директора Алексей Алексеевич араас оонньуу ыытта, таабырын таайтарда. Оҕолор түөрт бөлөххө арахсан, тыаҕа киирэн, кып-кыһыл, бөп-бөдөҥ отон бөҕө үүнэн турарын көрөн, үөрэ-көтө үргээн барбыппыт. Кыра иһиппитин толоро-толоро биэдэрэҕэ кутан испиппит. Көрүөх бэтэрээ икки ардыгар биэдэрэлэрбитин толорон, тото-хана аһаан-сиэн дьиэлээбиппит.Айылҕа быйаҥыттан“Амарах санаа” ааксыйатын оҥорон, тобус-толору, ыраастаммыт уон лиитэрэлээхбиирдии биэдэрэни нэһилиэкпит аҕам саастаах дьонугарутары ууммуппут. Маннык курдук салгыы хас сыл аайы кырдьаҕастарбытыгар айылҕа аһыттан амсата биэриэхпит диэн баҕа санаалаахпыт. Дьоҥҥо үтүөнү оҥордоххуна, оччонон бэйэҕэр эргиллэн кэлэр.