Үөгэн уйгу-быйаҥ күһүнэ
Үөгэним күһүнэ
Сиэдэрэйин эбитин,
Сирин аһа дэлэйэ,
Оҕуруота элбэҕэ,
Айылҕата кэрэтэ,
Аата, баайын баҕаһын!
Көмүс күһүҥҥэ аналлаах үүнүү бырааһынньыга хас оскуола аайы биир сүрүн тэрээһин буолар. Ол курдук, быйылгы үөрэх дьыла саҕаланыытыгар биһиги оскуолабытыгар сылын аайы, үгэс курдук ыытыллар«Үөгэн уйгу-быйаҥ күһүнэ» диэн ааттаах бырааһынньыкпыт буолан ааста. Мээнэҕэ күһүнү «уйгу-быйаҥ» диэн ааттаабаттар. Көмүс күһүммүт барахсан ото-маһа, сирин аһа, булда-алда дэлэгэйэ, элбэҕэ сүрдээх. Ыраата барбакка, тэлгэһэҕит да иһин ылан көрүҥ.
Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ үс бөлөххө арахсан араас таһымнаах түһүмэхтэринэн күрэхтэстилэр.Бастакы түһүмэххэхамаанда аатын-суолун билиһиннэрдилэр, оҕуруот аһыгар сыһыаннаах инсценировка көрдөрдүлэр. Иккис түһүмэхпитин “Күһүҥҥү айылҕаны кытта алтыһыы” диэн ааттаатыбыт.Оҕолор төрөөбүт дойдуларын кэрэ айылҕатыгар баран, хаартыскаҕа түһэн, араас интэриэһинэй видеосюжет оҥорон көрдөрдүлэр.Ол кэнниттэн окко-маска, үүнээйигэ сыһыаннаах таабырын таайсыыта буолла. Онтон араас оҕуруот аһыттан салаат оҥорууга күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, хамаандалар тэҥ бэлэмнээх буолан таҕыстылар.
Маны таһынан, биирдиилээн күрэххэ «Саамай-саамай улахан уонна дьикти-дьиибэ быһыылаах оҕуруот аһыгар » кытыннылар.
Саха киһитэ былыр-былыргыттан ыалдьытымсаҕынан биллэр. Остуол хотойорунан ас-үөл тардыллан турдаҕына, ама ким сылайбыта ааспат, сүргэтэ көтөҕүллүбэт буолуой?Үөрэнээччилэрбит төрөппүттэрин кытта араас аһы астаан аҕалан, дьаарбаҥка тэрийдилэр. Ити курдук, көмүс күһүн быйаҥыттан илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастыбыт.
Үөгэн оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ